1922 сыл муус устар 27 күнүгэр ылыллыбыт Саха автономията, оччотооҕу Саха уобалаһа өрөспөөбүлүкэ быһыытынан статустаммыта. Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин (Саха АССР) төрүттээбит саха чулуу дьоно Максим Кирович Аммосов, Платон Алексеевич Ойуунускай, Исидор Никифорович Барахов, Василий Васильевич Никифоров‒Күлүмнүүр сыралаах үлэлэрин, күүстээх туруорсууларын түмүгэр Саха Автономията баар буолбута. Саха омук өйө‒санаата, тыла‒өһө, култуурата, судаарыстыбаннай тирэхтэрэ барыта бу 1922 сыллаахха улахан хамсааһын быһыытынан үөскээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ бүгүҥҥү күҥҥэ хас биирдиибитигэр сүҥкэн улахан суолталаах